Ил Дархан  2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан СӨ Хомус күнэ сэтинньи 30 күнүттэн бэлиэтэнэр.

 

Олоҥхо – саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ” (Суорун Омоллоон).

Олоҥхо туһунан төһө билэргин бу викторина-тестка киирэн бэрэбиэркэлэнэргэр ыҥырабыт

Сигэ:  https://moretestov.com/other/olo-ho-abyla-a

Г.Н. Иванова-Айтыына, педагогическай үлэ ветерана, РФ уопсай үөрэҕин бочуоттаах  үлэһитэ,  СР үөрэҕин туйгуна,       РФ суруналыыстарын  союһун чилиэнэ. Галина Никитична  Сунтаар Элгээйититтэн төрүттээх. Сэһэҥҥэ, кэпсээҥҥэ киирбит  Дохсун Чохороон кинээстэн төрүттээх-уустаах. Хос эһэтэ  Кугас Омукчаан ырыаҕа-тойукка ылбаҕай, кэрэ куоластаах, хомоҕой хоһоонноох оһуокайдьыт эбит.

Аҕата Никиитэ уран тыл yyhа,  сээркээн сэһэнньит быһыытынан биллэр. Ол да иһин Галина Никитична удьуорун  утумнаан норуот тылынан уус уран айымньытыгар сыстаҕас .

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ - А.И. Софронов - АЛАМПА 135 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах  Саха сирин библиотекардарын холбоһуктаах бырайыага - уус-уран ааҕыыны инстанграм страницаҕа, ютуб каналга бу сигэлэр  нөҥүө киирэн көрүөххүтүн сөп.

https://www.instagram.com/p/CWUboCCIQON/?utm_medium=share_sheet

https://youtu.be/EGy5ZJeJXxY