Бүгүн Д. Д. Оллонов аатынан оскуола иһинэн "Алдан" экологияны уонна
кыраайы үөрэтэр сайыҥҥы лааҕыр үлэтин саҕалаата. Сезон устата оҕолор Түүлээх нэһилиэгин хамсыыр харамайын, үүнээйилэрин, биллэр дьоннорун, сирин-уотун үөрэтиэхтэрэ, билиэхтэрэ. Доруобуйаны бөҕөргөтөр хамсаныылаах оонньуулар, өйү үлэлэтэр күрэхтэр кинилэри күүтэллэр.



