Находкина Полина Пантелеймоновна 1954 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Уус-Алдан оройуонугар Танда нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
1996 кэргэнинээн икки кыра оҕотунаан,
ийэтинээн Түүлээх нэһилиэгэр олохсуйардыы көһөн кэлбиттэрэ.
Түүлээххэ кэлээт өр-өтөр буолбакка общественнай үлэҕэ үлэлэспитинэн барар. Ол курдук уонча сыл “Сарыал” түөлбэ салайааччытынан үлэлиир. 2003 сыл түмүгүнэн Уус-Алдан улууһугар “Бастыҥ общественник” ааты ылан сыл лауреата буолар.
“Кырдал” олохтоох автордар литературнай түмсүүлэригэр 1996 сылтан сылдьар.
Полина хоһоонноро дьиҥ олохтон ылыллар, ис сүрэхтэн тахсар буоланнар истиҥнэр, киһи дууһатын таарыйар-үөрдэр, толкуйдатар, сырдык истиҥ иэйиилээхтэр.
Полина Пантелеймоновна үгүстүк үлэлиир, олус элбэхтик суруйар. Таптыыр ийэтигэр, айылҕа кэрэтигэр, олох араас көстүүлэригэр анаммыт 500-чэ хоһоонноох, ити иһигэр туспа ойуччу тутар-соҕотох, умнуллубат тапталлааҕар анаабыт 100-н тахса хоһоонноох.
ДЬОЛ ТҮҺЭ
Таптыыбын эрдэлээн турарбын
Сөбүлүүр дьоннорбун саныырбын,
Утуйбут турукпун үргүтэ
Сэрээккэ оҥорон ойобун.
Биллибэт дьиктини күүппэппин
Космоска көппөппүн билэбин,
Күннэтэ ким миэхэ бэлэхтиэй
Бүппэт да, сүппэт да үөрүүнү.
Үөрэбин отойун кыраттан:
Бу хоһоон тылларын булартан,
Эн ону ааҕаҥҥын, үөрэҥҥин
Контагыҥ күөх уотун көрөртөн.
Үөрэбин сиэннэрим туһунан
"Барыта этэҥҥэ" диэн тылтан,
Бу икки боростуой тыллартан
Дьол түһэ түстэнэр буоллаҕа!
*********************************************************
КЫРДЬЫЫ
Куттанымаҥ кырдьартан
Сирэй-харах сиримэҥ -
Дууһа сааһы билиммэт!
Сүрэх таптаан уурайбат!
Сааһы ааҕар буолумаҥ -
Ааҕыҥ доҕор ахсаанын,
Харчы мунньа сатаамаҥ -
Син биир мыына саныаххыт.
Оҕолору такайан
Сэниэҕитин бараамаҥ -
Оҕо саҥа үйэлиин
Тэҥҥэ барсар аналлаах.
Ааспыт кэми аһыйан
Дууһаҕытын аймаамаҥ!
Кэрэ кэмҥэ тиксибит
Дьолгутуттан дуоһуйуҥ!
Кырыйдым диэн бэйэни
Сэнэнимэҥ, саһымаҥ!
Өлгөм астаах үүнээйи
Күһүн эмиэ хатааччы.
Кырдьыы олох сокуона -
Онно тиксэр ахсааннаах!
Кырдьыы ыарыы буолбатах -
Дьолго тиксии туоһута!
********************************************
ЭЙЭ БААР БУОЛЛУН!
Сэлэлии хаампаппыт да буоллар
Күөх Маайы дууһабыт кэтэһэр,
Сырдык күн син тыгар халлааҥҥа,
Сааскы тыал илгийэр илинтэн.
Илгийэр, сипсийэр кулгаахпар:
"Барыта этэҥҥэ буолуоҕа!
Олохпут оҥкула уоскуйуо,
Сыыйа кэм оннугар түһүөҕэ!"
Күөх Маайы, Кыайыыны көрсүһэ
Кумааҕы холууппун оҥордум,
Тыллыбыт мутукчам остуолбар
Ахтылҕан сытынан дыргыйар!
Сэлэлии хаамары көрбөтөх
Сиэннэрим сонургуу көрөллөр,
Сүтүкпүн сэрэйбэт буоланнар
Оҕолуу сэгэйэ үөрэллэр!
Ырыа да тыллара умнуллан
Сэлэлии хаампатах ырааппыт,
Сирэйдиин сырдааммыт сиэттиспит
Сэгэрим эн бүгүн ханнаҕын?
Бүгүҥҥү күн бэҕэһээ буолбатах,
Урукку кэм эргиллэр кыаҕа суох!
Ол эрэн ЭЙЭ диэн баар буоллун!
Сүрэхпит таптыыры сатаатын!
********************************************
БҮГҮН ЭРЭ...
Бүгүн эрэ көрдүм дуу
Күммүт тахсан эрэрин?
Бүгүн эрэ биллим дуу
Олох кэрэ буоларын?
Бүгүн эрэ кыл түгэн
Санаан ыллым эйиигин,
Айар суолум ыллыгар
Атын үөрүү кэтэһэр.
Бүгүн, сарсын, өйүүн да
Күммүт тахсыа, киириэҕэ!
Быйыл, эһиил, өрүү да
Олох күөстүү кыынньыаҕа!
Өйдөөн сатаан көрдөххө,
Ааһа түспэт буоллахха
Олох кэрэ буоларын
Сөҕө билиэ этибит.
Сэттэ уоммар сэҥээрдим
Өрүү көрөн кэлбиппин,
Сэттэ уоммар дьэ биллим
Олох олус күндүтүн!
Олох хайдах даҕаны
Биллэриэхтээх ол иһин,
Олох хайаан даҕаны
Булларыахтаах мин өйбүн!
***************************************
БЫЛЫРГЫНЫ БЫЛЫТ...
Дойду дьоно барыта
Биир эһээлээх этибит!
Дойду дьоно барыта
Биир дьолунан тыынарбыт!
Кини буолта соҕотох
Эйэ, кырдьык илдьитэ!
Бүтүн дойду көҥүллүк
Олорбутун туоһута!
Бары тэҥник санаһан
Ымсыырбакка, уорбакка
Сиэрдээх дьоннор иитиллэн
Олох суолун тутарбыт!
Олох дьоло көмүскэ,
Харах иирэр харчыга
Буолбатаҕын туоһута
Буолта биһи көлүөнэ!
Доҕор, таптал хайдаҕын
Илэ билбит сүрэҕим
Таҥнарбата биир да күн -
Былыргылыы таптаата!
Дьоллоох оҕо саастарбыт,
Кэрэ эдэр кэмнэрбит,
Чуумпу нус-хас олохпут
Күдэн буолан күрэннэ!
"Былыргыны былыт..." диэн
Санаалары саҕымаҥ!
Бэл таҥаска эргийэр
Ааспыт кэммит муодата!